Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. 1—4 кылаас
504₽
Описание
Бу алын кылаас оҕолоро «Саха тыла» үөрэнэр кинигэлэрин, тэтэрээттэрин сэргэ тутталларыгар анаан оҥоһуллубут ыйынньыгы Сэмэн Данилов хоһооно арыаллаатын:
Чыычаахха — чыычаах чуопчаарар тыла,
Сүүрүккэ — сүүрүк сипсийэр тыла,
Этиҥҥэ — этиҥ эрчимнээх тыла —
Илгэлээх истиҥ ийэ тыл буолар.

Оттон бу миэхэ ийэм биэрбит тыла,
Олоҕум тыла,
Тапталым тыла —
Мин төрүт тылым, мин ийэ тылым
Саргылаах сахам
Саҥата буолар.

Тылбыт баайа, дьэрэкээн кустуга, этигэн кэрэтэ, сүөгэйэ-сүмэтэ, ама, умнуллан хаалыа дуо?! Ама, симэлийэн сүтүө дуо?! Ама, «бар-кэл» эрэ диэнинэн муҥурданан олоруохпут дуо?! Суох! Оннук эрэ буолбатар ханнык.